Свернуть

Русско-якутский словарь названий цветов и цветовых оттенков (Өҥнөр. Нууччалыы-сахалыы тылдьыт)

Добавлено: 07.06.2024 | Обновлено: 07.06.2024

 

***

От автора-составителя

При составлении словаря названий цветов и цветовых оттенков использовался словарный запас фундаментальных словарей якутского языка (Пекарский Э.К. Словарь якутского языка. М.: Издательство АН СССР, 1959. Т. 1-3; Русско-якутский словарь / Под ред. П.С. Афанасьева, Л.H. Харитонова. М.: Советская энциклопедия, 1968; Якутско-русский словарь / Под ред. П.А. Слепцова. М.: Советская энциклопедия, 1972; Толковый словарь якутского языка: в 7 т. / Гл. ред. П.А. Слепцов. Н.: Наука, 2004-2010).

Названия цветов и цветовых оттенков, отсутствующие в вышеуказанных словарях, вводятся в оборот впервые, – согласно правилам словообразования якутского языка и с учётом сложившейся традиции заимствования русскоязычных слов.

При затруднениях с интерпретацией на русском языке рекомендуется обращаться к названий цветов и цветовых оттенков.

 

 

 

 

Абрикосовый – абрикосовай, абрикос өҥнөөх (абрикос өҥ).

Агатовый – агатовай (агатовай өҥ).

Аквамариновый – аквамариновай, аквамарин өҥнөөх (аквамарин өҥ).

Алебастровый – алебастр өҥнөөх (алебастр өҥ).

Алый – аалай, кып-кыһыл, кыһыл, уот кыһыл.

Аметистовый – аметистовай, аметист өҥнөөх (аметист өҥ).

Анилиновый – анилиновай, анилин өҥнөөх (анилин өҥ).

Апельсиновый – апельсиновай, апельсин өҥнөөх (апельсин өҥ).

Аспидный – аспиднай (аспиднай өҥ).

Багровый – дьэбин уостубут, өһөх өҥнөөх, ыһырыктыйбыт.

Багряный – дьэбин уостубут, өһөх өҥнөөх, уот кыһыл.

Бархатно-чёрный – баархат хара, сымнаҕас хара.

Беж – беж (беж өҥ).

Бежевый – бежевай (бежевай өҥ).

Белейший – муус маҥан, туус маҥан, үп-үрүҥ.

Белёсый – маҥанныҥы (маҥанныҥы дьүһүн), туртаҕар.

Беловатый – кэрэ, маҥанныҥы (маҥанныҥы дьүһүн).

Белокурый – сырдык баттахтаах.

Белоснежный – хаар маҥан.

Белый – кэрэ, маҥан, муус маҕан, үрүҥ.

Белый-пребелый муус маҥан, суй маҥан, туус маҥан, үп-үрүҥ.

Бесцветный – өлбөөркөй, өҥө суох.

Бирюзовый – бирюза өҥө, бирюзовай (бирюзовай өҥ).

Бланжевый – бланжевай (бланжевай өҥ).

Бледно-бирюзовый – кубаҕай бирюза өҥө, кубаҕай бирюзовай.

Бледно-голубой – кубаҕай көҕөркөй.

Бледно-жёлтый – кубаҕай араҕас.

Бледно-зелёный – кубаҕай от күөҕэ.

Бледно-коричневый – кубаҕай хоҥор.

Бледно-красный – кубаҕай кыһыл.

Бледно-лиловый – кубаҕай лиловай.

Бледно-розовый – кубаҕай оруосабай.

Бледно-серый – тунаархай.

Бледно-синий – кубаҕай көҕөркөй.

Бледно-сиреневый – кубаҕай сиреневай.

Бледновато-голубой – кубархай көҕөркөй.

Бледновато-жёлтый – кубархай араҕас.

Бледновато-зелёный – кубархай от күөҕэ.

Бледновато-коричневый – кубархай хоҥор.

Бледновато-оранжевый – кубархай кытархай араҕас.

Бледновато-розовый – кубархай оруосабай.

Бледновато-синий – кубархай көҕөркөй.

Бледноватый – кубаҕайдыҥы, кубархай, кубаххайдыҥы.

Бледный – кубаҕай, кубархай, кубаххай, кутаҕай, кутархай, өлбөөркөй, тунаархай.

Блестящий – чаҕылхай.

Блёклый – кугдархай, өлбөөркөй, хагдаҥ.

Бордо – бордо, бордо өҥ (харааран көстөр өһөх кыһыл өҥ).

Бордовый – бордуобай (бордуобай өҥ), өһөх кыһыл (харааран көстөр өһөх кыһыл өҥнөөх).

Бронзовый – боруонса өҥнөөх (боруонса өҥ).

Брусничный – уулаах отон өҥнөөх (уулаах отон өҥ).

Буланый – буулуур, саалыр, улаан.

Буроватый – күрүҥнүҥү.

Бурый – бороҥ, кугдархай, курдаххай, күрүҥ, күрэҥ, сур, хагдаҥ.

Бутылочный – бытыылка өҥнөөх (хараҥа мутукча өҥө).

Васильковый – күөх (василёк сибэккитин өҥө өҥнөөх).

Вишнёвый – вишня өҥнөөх (вишня өҥ), хараҥа кыһыл.

Вороновый – күөх толбонноох хара, суор дабыдала өҥнөөх.

Вороной – суор хара, хара.

Восковой – кубархай, кубарыйбыт.

Гиацинтовый – гиацинтовай, гиацинт өҥнөөх (гиацинт өҥ).

Глянцевый – килбэчигэс, килэркэй.

Гнедой – тураҕас.

Голубоватый – күөхтүҥү.

Голубой – көҕөркөй, күөх, халлаан күөҕэ.

Гороховый – тэһэ анньыы ойуулаах бороҥ.

Горчично-жёлтый – хартыыһа араҕас.

Горчичный – хартыыһа өҥнөөх (хартыыһа өҥ).

Гранатовый – гранатовай, гранат өҥнөөх (гранат өҥ).

Грязно-белый – кирдээх маҥан, кирдээх үрүҥ.

Грязно-бурый – кирдээх бороҥ.

Грязно-жёлтый – кирдээх араҕас.

Грязно-зелёный – кирдээх от күөҕэ.

Грязно-коричневый – кирдээх хоҥор.

Грязно-розовый – кирдээх оруосабай.

Грязно-серый – кирдээх көҕөччөр.

Густо-зелёный – хойуу от күөҕэ.

Густо-красный – хойуу кыһыл.

Густо-лиловый – хойуу лиловай.

Густо-розовый – хойуу оруосабай.

Густо-синий – хойуу көҕөркөй.

Густо-тёмный – хойуу хараҥа.

Густоцветный – хойуу өҥ.

Густо-чёрный – хойуу хара.

Дымчатый – буруо өҥнөөх.

Желтоватый – саһархайдыҥы.

Желточный – сымыыт араҕа өҥнөөх, сымыыт уоһаҕа өҥнөөх.

Жёлтый – араҕас, саһархай.

Жемчужно-белый – чөмчүүк маҥан (чөмчүүк маҥан өҥнөөх), чөмчүүк үрүҥ (чөмчүүк үрүҥ өҥнөөх).

Жемчужно-серый – чөмчүүк көҕөччөр, чөмчүүк көҕөччөр өҥнөөх.

Жемчужный – чөмчүүк өҥнөөх.

Защитный – араҥаччылыыр өҥ, көмүскэнэр өҥ.

Зеленоватый – күөхтүҥү.

Зелёный – көҕөркөй, күөх, күөх дьүһүн, мутукча күөҕэ (цвета хвои), от күөҕэ (цвета травы), чээл күөх.

Землистый – буор өҥнөөх, хаана суох.

Земляничный – дьэдьэн өҥнөөх (дьэдьэн өҥ).

Золотисто-белый – көмүстүҥү маҥан, көмүстүҥү үрүҥ.

Золотисто-жёлтый – көмүстүҥү араҕас.

Золотисто-красный – көмүстүҥү кыһыл.

Золотисто-рыжий – көмүстүҥү кугас.

Золотисто-соломенный – көмүстүҥү солуома өҥнөөх.

Золотистый – көмүс араҕас, көмүстүҥү, кыһыл көмүс өҥнөөх.

Золотой – көмүс өҥнөөх (көмүс өҥ), кыһыл көмүс өҥнөөх (кыһыл көмүс өҥ).

Игрений – кугас.

Игреневый – кугас.

Изумрудный – дьэҥкир күөх, сырдык күөх.

Индиго – индиго (индиго өҥ).

Канареечный – канарейка өҥө өҥнөөх (канарейка өҥ).

Караковый – чуоҕурдаах хара тураҕас.

Карий – саһархай, хара араҕас.

Карминный – аалай, тэтэркэй, чаҕылхай кыһыл.

Карминовый – аалай, тэтэркэй, чаҕылхай кыһыл.

Касторовый – касторовай, касторка өҥнөөх (касторка өҥ).

Каурый – сиэр, хоҥор (о масти лошадей).

Каштановый – каштан дьүһүннээх, каштановай, каштан өҥнөөх (каштан өҥ), хоҥор.

Киноварный – аалай, тэтэркэй, чаҕылхай кыһыл.

Кипенно-белый – күүгэннээх, күүгэн өҥө өҥнөөх.

Кипенный – күүгэннээх, күүгэн өҥө өҥнөөх.

Кирпично-красный – кирпииччэ кыһыл.

Кирпичный – кирпииччэ кыһыл, кирпииччэ өҥө өҥнөөх.

Клубничный – клубника өҥө өҥнөөх.

Клюквенный – клюква өҥө өҥнөөх, өһөх, хараҥа кыһыл.

Кобальтовый – кобальт өҥө өҥнөөх, хараҥа көҕөркөй.

Коралловый – коралловай, коралл өҥө өҥнөөх, тэтэркэй.

Коричневатый – хоҥордуну.

Коричневый – күрэҥ, хоҥор, ынах сааҕа.

Кофейный – кофе өҥнөөх, хоҥор.

Кошенилевый – аалай, кошениль өҥнөөх, тэтэркэй, чаҕылхай кыһыл.

Кошенильный – аалай, кошениль өҥнөөх, тэтэркэй, чаҕылхай кыһыл.

Крап, крапина, крапинка – толбон, эбир (в крапинку – эбир ойуулаах).

Краповый – аалай, тэтэркэй, чаҕылхай кыһыл.

Крапчатый – эбир ойуулаах.

Красный – кыһыл.

Красноватый – араҕас, кыһыллыҥы, кытархайдыҥы.

Кремовый – үрүҥ араҕас.

Кроваво-красный – өһөх кыһыл, хаан кыһыл.

Кровавый – өһөх кыһыл, өһөх өҥнөөх, хаан өҥө (хаан өҥ).

Кубовый – индиго өҥ, чаҕылхай көҕөркөй, чаҕылхай күөх.

Кумачовый – кумач өҥнөөх, чаҕылхай кыһыл.

Лазоревый – сырдык күөх.

Лазуревый – сырдык күөх (сырдык күөх өҥ).

Лазурно-голубой – лазурнай көҕөркөй.

Лазурный – лазурнай, сырдык күөх (сырдык күөх өҥ).

Лазурь – халлаан сырдык күөх өҥө.

Лаково-чёрный – лаах хара.

Латунный – дьэс алтан өҥө өҥнөөх.

Лилейный – лилия өҥө өҥнөөх.

Лиловатый – лиловайдыҥы.

Лиловый – лиловай, сырдык фиолетовай өҥнөөх.

Лимонно-жёлтый – лимоннай, лимон өҥө өҥнөөх.

Лимонный – лимоннай, лимон өҥө өҥнөөх.

Линялый – өҥүн сүтэрбит.

Лососевый – лосось өҥө өҥнөөх.

Мазутный – мазутнай, мазут өҥө өҥнөөх.

Малахитовый – малахитовай, малахит өҥө өҥнөөх, сырдык от күөҕэ өҥнөөх, чээл күөх.

Малиновый – малиновай, малина өҥө өҥнөөх, хараҥа кыһыл өҥнөөх.

Маренго – маренго өҥ.

Матово-белый – лааҕа суох маҥан, лааҕа суох үрүҥ, матовай маҥан, матовай үрүҥ.

Матово-чёрный – лааҕа суох хара, матовай хара.

Матово-голубой – лааҕа суох көҕөркөй, матовай көҕөркөй.

Матово-серебристый – лааҕа суох үрүҥ көмүс өҥнөөх, матовай үрүҥ көмүс өҥнөөх.

Матовый – болоорхой; лааҕа суох; матовай.

Медный – алтан өҥө өҥнөөх.

Медовый – мүөт өҥө өҥнөөх.

Медово-жёлтый – мүөт өҥө өҥнөөх.

Молочно-белый – үүт кэрэ (о масти лошадей), үүт өҥө өҥнөөх.

Молочный – үүт өҥө өҥнөөх.

Морковный – моркуоп өҥө өҥнөөх.

Мрачный – күлүгүрбүт, хабыс-хараҥа.

Муругий – муругай өҥ.

Мутно-белый – болоорхой маҥан, болоорхой үрүҥ.

Мутно-молочный – болоорхой маҥан, болоорхой үрүҥ.

Мутно-серый – болоорхой көҕөччөр.

Мутный – болоорхой, будулхай, бүдүргүбүт, өлбөөркөй , тунаархай.

Мухортый – мухортай өҥ.

Мучнисто-белый – мээккэ өҥө өҥнөөх (мээккэ бурдук өҥө өҥнөөх).

Мышастый – бороҥ, кутуйах өҥө өҥнөөх, күрэҥ.

Мышиный – кутуйах өҥө өҥнөөх.

Мягко-золотистый – намыын көмүстүҥү.

Небесно-голубой (небесный) – халлаан күөҕэ; халлаан өҥө өҥ.

Нежно-белый – нарын маҥан, нарын үрүҥ.

Нежно-бирюзовый – нарын бирюза өҥө, нарын бирюзовай.

Нежно-голубой – нарын халлаан күөҕэ.

Нежно-жёлтый – нарын араҕас.

Нежно-зелёный – нарын от күөҕэ.

Нежно-золотистый – нарын көмүстүҥү.

Нежно-золотой – нарын көмүс өҥнөөх.

Нежно-лимонный – нарын лимоннай.

Нежно-малиновый – нарын малиновай.

Нежно-розовый – нарын оруосабай.

Нежно-сиреневый – нарын сиреневай.

Нежно-фиолетовый – нарын фиолетовай.

Нефритовый – нефритовай, нефрит өҥө өҥнөөх.

Огненно-золотистый – уот көмүстүҥү.

Огненно-красный – уот кыһыл.

Огненно-рыжий – уот кугас.

Огненно-фиолетовый – уот фиолетовай.

Огненно-яркий – уот чаҕылхай.

Огненный – уот өҥө өҥнөөх, уоттаах.

Огнецветный – уот өҥө өҥнөөх, уоттаах.

Огнистый – уот өҥө өҥнөөх, уоттаах.

Оливковый – оливковай, саһархайдыҥы күөх.

Опаловый – опаловай, опал өҥө өҥнөөх.

Оранжеватый – кытархайдыҥы араҕас.

Оранжевый – кытархай араҕас, кытарымтыйар саһархай.

Ослепительно-белый – наһаа чаҕылхай маҥан, наһаа чаҕылхай үрүҥ, туналы маҥан.

Ослепительно-яркий – наһаа чаҕылхай.

Охренный – соһо өҥ.

Охристый – соһо өҥ.

Охровый – соһо өҥ.

Охряный – соһо өҥ.

Палевый – палевай, кытархайдыҥы сырдык араҕас.

Пегий – ала, элэмэс.

Пепельно-голубой – күкээркэй көҕөркөй.

Пепельно-серый – күкээркэй көҕөччөр.

Пепельно-синий – күкээркэй көҕөркөй.

Пепельный – болоорхой, күкээркэй, тунаархай.

Перламутровый – перламутровай, перламутр өҥө өҥнөөх.

Персиковый – персиковай, персик өҥө өҥнөөх.

Песочный – кумах өҥнөөх.

Пёстрый – араас өҥнөөх, эриэн.

Пламенный – төлөннөөх, төлөн өҥө өҥнөөх.

Платиновый – платина өҥө өҥнөөх.

Половый – кубаҕай араҕас, половай.

Полосатый – ала, дьураалаах, саадьаҕай.

Прозрачный – дьэҥкир.

Пунцовый – кып-кыһыл, уот кыһыл.

Пурпурный – хараҥа кыһыл, чаҕылхай кыһыл.

Пурпуровый – хараҥа кыһыл, чаҕылхай кыһыл.

Пятнистый – толбонноох, чуоҕур, эбирдээх.

Разноцветный – араас өҥнөөх.

Ржаво-бурый – дьэбиннээх бороҥ.

Ржаво-жёлтый – дьэбиннээх араҕас.

Ржаво-красный – дьэбиннээх кыһыл.

Ржаво-рыжий – дьэбиннээх кугас.

Ржаво-тёмно-коричневый – дьэбиннээх хараҥа хоҥор.

Ржавый – дьэбиннээх, дьэбин өҥнөөх, дьэбин өҥ.

Розоватый – кытархайдыҥы.

Розовый – дөлүһүөн сибэккитин өҥө, кубаххай кыһыл, кытархай, оруосабай, тэтэркэй.

Рубиновый – рубин кыһыл, рубин өҥө өҥнөөх.

Румяный – кытархай, кытархайдыҥы, тэтэркэй.

Русый – саһархай, сырдык күрэҥ.

Рыжеватый – кугастыҥы, күрүҥнүҥү.

Рыжий – кугас, күрдьүгэс, күрүҥ.

Рябиновый – рябиновай, рябина өҥө өҥнөөх.

Рябой – эбир, эбирдээх.

Саврасый – саалыр, сиэр.

Салатный – салат өҥө өҥнөөх.

Салатовый – салатовай, салат өҥө өҥнөөх.

Сахарно-белый – саахар маҥан (саахар маҥан өҥнөөх), саахар үрүҥ (саахар үрүҥ өҥнөөх).

Сахарный – саахар өҥө өҥнөөх, саахарынай.

Свекольно-красный – сүбүөкүлэ кыһыл.

Свекольный – сүбүөкүлэ өҥө өҥнөөх.

Светло-бежевый – сырдык бежевай.

Светло-бордовый – сырдык бордуобай.

Светло-бурый – сырдык бороҥ.

Светло-голубой – сырдык көҕөркөй, сырдык халлаан күөҕэ.

Светло-жёлтый – сырдык араҕас.

Светло-зелёный – сырдык күөх, сырдык от күөҕэ.

Светло-золотистый – сырдык көмүстүҥү.

Светло-карий – сырдык саһархай.

Светло-каштановый – сырдык хоҥор.

Светло-коричневый – сырдык хоҥор.

Светло-красный – сырдык кыһыл.

Светло-лиловый – сырдык лиловай.

Светло-оранжевый – сырдык кытархай араҕас.

Светло-розовый – сырдык оруосабай.

Светло-русый – сырдык саһархай.

Светло-рыжий – сырдык кугас.

Светло-серый – сырдык көҕөччөр, улаан.

Светло-синий – сырдык көҕөркөй.

Светло-сиреневый – сырдык сиреневай.

Светло-фиолетовый – сырдык фиолетовай.

Светло-шоколадный – сырдык шоколаднай.

Свинцово-серый – сибиниэстээх көҕөччөр.

Свинцово-чёрный – сибиниэстээх хара.

Свинцовый – сибиниэс өҥө өҥнөөх, сибиниэстээх.

Седой – маҥан, үрүҥ.

Серебристо-белый – үрүҥ көмүс маҥан.

Серебристо-жемчужный – үрүҥ көмүс чөмчүүк.

Серебристо-золотистый – үрүҥ көмүс араҕас.

Серебристо-пепельный – үрүҥ көмүс күкээркэй.

Серебристо-серый – үрүҥ көмүс көҕөччөр.

Серебристо-синий – үрүҥ көмүс көҕөркөй.

Серебристо-чёрный – кырымахтаах.

Серебристый – үрүҥ көмүс өҥнөөх, үрүҥ көмүстүү килбэчигэс.

Серебряный – үрүҥ көмүс өҥнөөх.

Серо-буро-малиновый (неопределённого цвета [шутл.]) – дэмэ биллибэт дьүһүн.

Сероватый – көҕөччөрдүҥү.

Серый – бороҥ, көҕөччөр, сиэрэй, сур.

Сивый – көҕөччөр.

Сизый – күөх, өлбөөркөй күөх.

Синеватый – күөхтүҥү.

Синий – көҕөркөй, күөх.

Сиреневатый – сиреневайдыҥы.

Сиреневый – сиреневай, сирень өҥнөөх.

Смуглый – хара бараан.

Снежный – хаар өҥнөөх.

Снежно-белый – хаар маҥан.

Соловый – өлбөөркөй кугас, сырдык араҕас, хоҥор (о масти лошадей).

Соломенно-жёлтый – солуома араҕас өҥнөөх.

Соломенный – солуома дьүһүннээх, сырдык араҕас.

Сочно-зелёный – арылхай от күөҕэ.

Сочно-розовый – арылхай оруосабай.

Стальной – ыстаал өҥө өҥнөөх.

Табачно-жёлтый – табах араҕас өҥнөөх.

Табачный – табах өҥө өҥнөөх.

Телесный – киһи этин өҥө өҥнөөх.

Тёмно-бордовый – хараҥа бордуобай.

Тёмно-бурый – хараҥа бороҥ.

Тёмно-вишнёвый – хараҥа вишня өҥнөөх.

Тёмно-голубой – хараҥа көҕөркөй.

Тёмно-жёлтый – хараҥа араҕас, хараҥа саһархай.

Тёмно-зелёный – хараҥа от күөҕэ.

Тёмно-золотистый – хараҥа көмүстүҥү.

Тёмно-карий – хараҥа саһархай.

Тёмно-каштановый – хараҥа хоҥор.

Тёмно-коричневый – хараҥа хоҥор.

Тёмно-красный – күрүҥ, өһөх, хараҥа кыһыл.

Тёмно-малиновый – хараҥа малиновай.

Тёмно-оливковый – хараҥа оливковай.

Тёмно-розовый – хараҥа оруосабай.

Тёмно-русый – хараҥа саһархай.

Тёмно-серый – болоорхой, бороҥ, күрэҥ, хара көҕөччөр, хараҥа көҕөччөр.

Тёмно-синий – хараҥа көҕөркөй, хараҥа күөх.

Тёмно-фиолетовый – хараҥа фиолетовай.

Тёмно-шоколадный – хараҥа шоколаднай.

Томатный – томатнай, томат өҥө өҥнөөх.

Травянисто-зелёный – от күөҕэ.

Травянистый – от күөҕэ.

Травяно-зелёный – от күөҕэ.

Туманно-красный – өлбөөркөй кыһыл.

Тускло-белый – өлбөөркөй маҥан, өлбөөркөй үрүҥ.

Тускло-голубой – өлбөөркөй халлаан күөҕэ.

Тускло-зелёный – өлбөөркөй от күөҕэ.

Тускло-коричневый – өлбөөркөй хоҥор.

Тускло-серый – өлбөөркөй көҕөччөр.

Угольно-чёрный – чохтоох хара.

Угольный – чох өҥө өҥнөөх, чохтоох.

Ультрамариновый – ультрамариновай, ультрамарин өҥнөөх.

Фиалковый – фиалковай, фиалка өҥө өҥнөөх.

Фиолетовый – кытаран көстөр күөх, фиолетовай (фиолетовай өҥ).

Фисташково-серый – фисташковай көҕөччөр.

Фисташковый – сырдык күөх, фисташковай, фисташка өҥө өҥнөөх.

Хаки – хаки (хаки өҥ).

Хромово-зелёный – хромовай от күөҕэ.

Цинковый – цинковай, цинк өҥө өҥнөөх.

Чалый – буулуур, улаан.

Чернильно-лиловый – чээрниилэ лиловай.

Чернильно-фиолетовый – чээрниилэ фиолетовай.

Чернильный – чээрниилэ, чээрниилэ өҥө өҥнөөх.

Черноватый – харатыҥы.

Чёрный – хара.

Чубарый – чуоҕур (о масти лошадей).

Шафранный – шафран өҥө өҥнөөх.

Шафрановый – шафран өҥө өҥнөөх.

Шоколадно-бурый – шоколаднай бороҥ.

Шоколадно-коричневый – шоколаднай хоҥор.

Шоколадный – шоколаднай, шоколад өҥнөөх, күрэҥ.

Эбонитовый – эбонитовай, эбонит өҥө өҥнөөх.

Электрик – электрик (бороҥ толбонноох халлаан күөҕэ эбэтэр күөх).

Ядовито-жёлтый – сүлүһүннээх араҕас.

Ядовито-зелёный – сүлүһүннээх от күөҕэ.

Ядовито-лиловый – сүлүһүннээх лиловай.

Янтарно-жёлтый – янтарнай араҕас.

Янтарно-зелёный – янтарнай от күөҕэ.

Янтарный – янтарнай, янтарь өҥнөөх.

Ярковатый – чаҕылхайдыҥы.

Ярко-алый – чаҕылхай аалай.

Ярко-белый – туналы маҥан, чаҕылхай маҥан, чаҕылхай үрүҥ.

Ярко-голубой – чаҕылхай көҕөркөй.

Ярко-жёлтый – чаҕылхай араҕас.

Ярко-зелёный – чаҕылхай от күөҕэ.

Ярко-золотистый – чаҕылхай көмүстүҥү.

Ярко-красный – аалай, кошениль өҥнөөх, тэтэркэй, чаҕылхай кыһыл.

Ярко-лиловый – чаҕылхай лиловай.

Ярко-малиновый – чаҕылхай малиновай.

Ярко-оранжевый – чаҕылхай кытархай араҕас.

Ярко-розовый – чаҕылхай оруосабай.

Ярко-синий – чаҕылхай көҕөркөй, чаҕылхай күөх.

Яхонтовый – яхонтовай (яхонт өҥнөөх, яхонт өҥ).

 

Автор-составитель: Валерий Сидоров

 

 

 

***